- Информация о материале
- Автор: Super User
Дьон -сэргэ былыр - былыргыттан кэрэҕэ тардыһыыта, үйэлээҕи айар-тутар баҕата хаһан да өлбөт-сүппэт айылгылаах. Олохпут оҥкулун торумнуур күүс быһыытынан дьон өйө - санаата, духуобунай, култуурнай сайдыыта сыаналанар буолан иһэрэ үөрдэр. Библиотека - култуура эйгэтигэр уһулуччу тутуллар биир туспа эйгэнэн буолар. Ол курдук, библиотека информацияны харайан уура сылдьан, ааптартан ааҕааччыга тиэрдии эрэ буолбатах, библиотека сайдыыга, саҥа саҕахтары арыйыыга сүрүн тирэх буолар.
Алтынньы 11 күнүгэр, Дүпсүн нэһилиэгэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан оҕону эбии үөрэхтээһин технопаркатыгар баар олохтоох библиотекаҕа улууска бастакы народнай библиотека тэриллибитэ 100 сылынан «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан” тематическай тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылллылар улуус кииннэммит библиотекатын салаайааччыта Иван Данилович Копырин уонна библиотека кыргыттара. Саҥа, сэргэх тэрээһини оскуола оҕолоругар кылаас чаастарыттан саҕаланна. Эбиэт кэннэ 100 сыллаах үбүлүөй үөрүүлээх чааһа. Библиотека бастыҥ ааҕааччыларыгар, бииргэ үлэлээн олорор тэрилтэлэригэр,ветераннарга махтал суруктары, почетнай грамлоталары туттардылар. Үөрэнээччилэр, учууталлар тэрээһин бүтүүтүгэр махтал тылларын эттилэр. Олус истиҥ, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста. Маннык саҥа сүүрээннэр өссө да элбии турдуннар.